название:
автор:
1.Ол күҥҥэ ураты курдук этэ сүрэх сүрэххэ этэрэ
автор:
Неизвестен
рейтинг: ★★★★★ / 5.4 / 1448 просмотров
- Текст
- Открытка с текстом
1.Ол күҥҥэ ураты курдук этэ сүрэх сүрэххэ этэрэ Испэр мөхсөр лыаҕым долгуйара аттыгар ардыгар Туохтан сылтаан аймалҕан таҕыста Ханнык мэhэй сүрэхтэргэ туора сытта Ыллыкпытын тоҕо тиби быста Халыҥ хаары ууллубаттыы ыста Х/ы Күнүм оонньообот буолбута Харах уута уолбута Барыта эйигин санааммын суохтааммын ахтаммын Бу таптал туттарбат сатаан Сылайдым эдэр сааhы бараан Ыллаан ытаан ыҥыран ааттаан Сылдьабын күлүктүүн аргыстаhан 2.Хараххар көрөрүм күн сирин күндүтүн Күhүн көмүс кынатын бүрүммүтүн Арай бүгүн өйдөөтүм сүтүкпүн Эн иҥэрбит күүскүн Туохтан сылтаан аймалҕан таҕыста Ханнык мэhэй сүрэхтэргэ туора сытта Ыллыкпытын тоҕо тиби быста Халыҥ хаары ууллубаттыы ыста 3.Тохтоо эрэ эн миигин билигин иhит эрэ Бээрэ этэбин дии бу барыта таах мээнэ Эрээри ол саҕана санааларгын салайбатаҕым Туhaна сатаабатаҕым албыннаабатаҕым Өйдөөбүтүм кэлин хомойуох иhин Эйигин мин таптыы да сылдьыбатах эбиппин Ким билэр, оо туох билэр оспот бааhы бары бу суох дииллэр Мин олоҕум чуҥкук оноhуум оннук уустук Тостубаппын диир эрээри мин эн дьолу ыксаама Хараҕыҥ уутун туора сотун Ыксаама өссө да көрсүөҥ эн дьолгун Ол күҥҥэ ураты курдук этэ сүрэх сүрэххэ этэрэ...
А как ты думаешь, о чем песня "1.Ол күҥҥэ ураты курдук этэ сүрэх сүрэххэ этэрэ" ?