название:
автор:
I куплет:
автор:
Неизвестен
рейтинг: ★★★★★ / 4.8 / 758 просмотров
- Текст
- Открытка с текстом
I куплет: Сибэккилии тэтэрбит, минньигэ уостаргын, Кууьаммын, оргууйдук ууруубун. Уоскуйда сурэ5им. Уоскуйдум. Иннибэр таптыыр сэгэрим, Уунэр кунун ахсын, мичээрдээн, Миигин урдуккэ кетутэр. Умнабын урукку суоллары, Талабыт, санаттан-сананы. Эйиигин эрэ кытары - уматыам сырдык кутааны. Эйиигинниин эрэ мин -сырдыгы талыа5ым. Харыстыа5ым мин. Баар буолуо5ум мин. Ыыппаппын - кырачаан илиилэргин. Эйиигиттэн тыллар - оло5ум суолтата, Хоьуллар хоьоонум. Ылланыа5а - мин ырыам... Мин оло5ум суолугар, со5отох тапталым, Эн эрэ буола5ын - мин харыстыыр аналым. Хос ырыата: Танара биьигини айбыта. Дьыл5ам эйиигин бэлэх ууммута. Кэрэ сибэкки буолан, тапталым, Ол кунтэн, сурэхпэр тыллыбыта. Танара биьигини айбыта. Дьыл5ам эйиигин бэлэх ууммута. Кэрэ сибэкки буолан, тапталым, Ол кунтэн, сурэхпэр тыллыбыта. II куплет: Билбэппин, талыам этэ атыны. Эйиигинниин эрэ, мин билбитим - тапталы, Серуун тыалы кыйдаабытым - эйгэбиттэн ыраах. Эн эрэ аттыгар, мин ыра санаам - тыыннаах! Кербутум кулумур куну, ессе куруук, еруутун ууннун. Суоххуна харана туунум, то5о, олус диэн, серуунуй? Ким ейдуе этэй, уустук суолбун, миигин бэйэбин? Олохпун киэргэтэн, хонуубар сибэкки буолан ууммутун. Мин кууппутум: ол санааны, сырдык тапталы булаары, Эйиигин кытта, бу халлаантан, харана былыты кыйдаары. Уунэр кунтэн мин кердуурум - ол, сырдык санаам соро5ун. Сурэхпэр таптал со5отох, билэбин ону то5отун. До5оруом, эн буола5ын - олохпор дьыл5ам бэлэ5э. Эйиигин кытта, биир тэннэ, утэнэбин сана кэмнэ. Билигин эрэлим, эн хараххар, таптал буолан умайар, Ыйдана буолан сырдатар - септеех суолбун, еруу ыйан.
А как ты думаешь, о чем песня "I куплет:" ?