ГлавнаяИсполнителиSnow voiceСанаам эйиэхэ
название:

Санаам эйиэхэ


автор:

Snow voice


рейтинг: ★★★★★ / 5.3 / 1258 просмотров
Эйиигин илиигиттэн сиэтэммин илдьиэм, 
Ол ыраах сулустаах халлаан анныгар,
Эн биһи ол онно куустуһан тураммыт
Таптал уотугар уйдара налыйа устуохпут.
Эн, нарын минньигэс дьэдьэн уостаргыттан
Мин куруук убуруур буолуоҕум,
Сэгэриэм чугаһаа эн миэхэ, кыбыстыма
Эн биһи тапталбыт, эн биһи олохпут.

Оо, санаам арай эйиэхэ,
Мин таптыыр кыыспар тиийдэргин
Сып-сылаас иэдэстэргиттэн убураан ылларбын долгуйа.
Оо, санаам арай эйиэхэ, сулустаах халлаанныын холбоһон
Таптыырбын суруйан тиэртэрбин эйиэхэ 
Кэрэчээнэ мин күндү кыысчааным.

Долгуннуу устаҥҥын аттыбынан аастыҥ,
Билбэттии туттаҥҥын мичээр бэлэхтээтиҥ,
Мин уйаҥ сүрэхпин долгута аймаатыҥ,
Хаһыс да төгүлүн тапталбын таайбатыҥ.
Сэгэриэм, оонньоомо тапталбынан
Эйиигин астына көрөрбүн туһанан,
Кэл миэхэ, сиэттиһэн ол ыраах халлааҥҥа
Сулустар уоттарын батыһа көтүөххэ.
Послушать/Cкачать эту песню
Mp3 320kbps на стороннем сайте
А как ты думаешь, о чем песня "Санаам эйиэхэ" ?
У нас недавно искали:
Дойдум сылаас тыына  Ийээ эн кэрэ бэйэ5эр сылаас  Сылаас ардах анныгар туран...  Твёрдый Знак  Твердый знак Для загрузки воспользуйтесь  Страх  Miyagi & Эндшпиль ОКУТАЛ АЙБОЛИТ(COVER)  Другие берега...“Постой!” – я кричал и плакал,  Моя любовь ("Птица", 1993) 
А как ты думаешь, о чем песня "Санаам эйиэхэ" ?
2010-2024 © Rostext.ru Тексты песен