ГлавнаяИсполнителиДалаанаБилэбин
название:

Билэбин


автор:

Далаана


рейтинг: ★★★★★ / 5.1 / 1107 просмотров
Мин бүгүн кыайан эппэппин биири
Ол эрэн санаам тууйуллар түүнэ
Хараҥа былыт үөһээ халлааҥҥа
Соҕотох ардыырын көрөбүн

Мин эмиэ кини курдук ытыахпын
Харах уутун тоҕон сонньуйуохпун
Туох эрэ тууйа тутар билигин
Аттыбар эн суоҕуҥ куруһун

хос ырыата:

Билэбин иккиэн ыллык устун хаампаппыт
Билэбин биһи суолбут кыайан холбоспот
Билэбин санньыар ырыаҕын туойаргар
Мин сырдык мөссүөммүн хараххар көрөргүн

Тоҕо мин эйиэхэ эрэл кыымын
Бэлэхтээн биэрбит быстах быһыыбын
Ардыгар уйадыйар иэйиибэр
Тулуйан хоһуйан ылларбын

Олохпор ыксаллаах ыраларбын
Түмэммин эйиэхэ тиийдэрбин мин
Букатын илдьэ хаалыах тустааххын
Сурэҕим сөпсүһүөн кыаҕа суох
Послушать/Cкачать эту песню
Mp3 320kbps на стороннем сайте
А как ты думаешь, о чем песня "Билэбин" ?
У нас недавно искали:
В нашу гавань заходили корабли  Старый корабль  Аэробика - автор Константин Кинчев  Детям Вольного Ветра  Metal Racer  Shock  Город Рождества (минус)  Всё в наших руках  Бес Паники  Ах, Алиса 
А как ты думаешь, о чем песня "Билэбин" ?
2010-2024 © Rostext.ru Тексты песен