ГлавнаяИсполнителиПонсаш уонна Конон НоговицынБилсиhиэх
название:

Билсиhиэх


автор:

Понсаш уонна Конон Ноговицын


рейтинг: ★★★★★ / 5.6 / 1570 просмотров
Кэрэ кыыс аттыбынан ааhыма,хайыс,ыйыт
Em.............................................
Ааппын,сааспын,хантан сылдьарбын,
C.............................................
Көрүөҕүҥ ол күн саҕахтан тахсарын,
D........................................
Көрсүөҕүҥ бу күммүт уратытын.
Арай мин билсибит буоллум дуу
Эйигин кытары эрдэттэн,
Миигинниин сиэттиhэн барсыаҥ дуо,
Бу олох уйгулаах суолунан?
Арай мин алҕаска мунаммын
Аргыыйдык тоҥсуйдум эн ааҥҥын,
Көрүөм дуу эйээргиир мичээргин,
Истиэм дуо "киир" диэн этэргин?
Арай мин алҕаска таарыйыам
Сып-сылаас сымнаҕас илиигин,
Билиэм дуу долгуйуу бэлиэтин,
Туох дии саныыргын эн миигин?
Арай дуу алҕаска эн биhи
Ыгастык куустуhан туруохха,
Көрүөм дуу иhирэх иэйиини
Соhуйбут хап-хара хараххар?
Халлааҥҥа былыттар усталлар
Кинилэр бу ханна тиийэллэр,
Сороҕор чугаhаан ылаллар,
Ардыгар хардарсан хаалаллар.
Бу диэн мин билбэппин эйигин,
Ол эрэн суохтуубун бэлиэрин,
Мин суолбар иккистээн эргилин
Көhүн дуу,көhүн дуу сэгэриэм.
Билбэппин эн хайдах туппуккун
Мин эдэр төлөннөөх сүрэхпин,
Ааhыма,барыма,тохтуу түс
Кэпсэтэ түhүөҕүм кэрэ кыыс.
Послушать/Cкачать эту песню
Mp3 320kbps на стороннем сайте
А как ты думаешь, о чем песня "Билсиhиэх" ?
У нас недавно искали:
Обжигала любовь - Половина моя  Махтанабын (Минус)  Что скажет мама? (Егор Крид Cover)  Детка, ты мой космос!  Моя Половина  Половина моя [Low Bass by Minzdraw]  Половина ( ²º¹8 )  У меня было детство!!!  Айыыларым араначчылаан...  Ты моя муза, моя боль и моя химия 
А как ты думаешь, о чем песня "Билсиhиэх" ?
2010-2025 © Rostext.ru Тексты песен