ГлавнаяИсполнителиPonsash feat. Конон НоговицынБилсиhиэх
название:

Билсиhиэх


автор:

Ponsash feat. Конон Ноговицын


рейтинг: ★★★★★ / 5.6 / 1606 просмотров
Кэрэ кыыс аттыбынан ааhыма,хайыс,ыйыт
Em.............................................
Ааппын,сааспын,хантан сылдьарбын,
C.............................................
Көрүөҕүҥ ол күн саҕахтан тахсарын,
D........................................
Көрсүөҕүҥ бу күммүт уратытын.

Арай мин билсибит буоллум дуу
Эйигин кытары эрдэттэн,
Миигинниин сиэттиhэн барсыаҥ дуо,
Бу олох уйгулаах суолунан?
Арай мин алҕаска мунаммын
Аргыыйдык тоҥсуйдум эн ааҥҥын,
Көрүөм дуу эйээргиир мичээргин,
Истиэм дуо "киир" диэн этэргин?
Арай мин алҕаска таарыйыам
Сып-сылаас сымнаҕас илиигин,
Билиэм дуу долгуйуу бэлиэтин,
Туох дии саныыргын эн миигин?
Арай дуу алҕаска эн биhи
Ыгастык куустуhан туруохха,
Көрүөм дуу иhирэх иэйиини
Соhуйбут хап-хара хараххар?

Халлааҥҥа былыттар усталлар
Кинилэр бу ханна тиийэллэр,
Сороҕор чугаhаан ылаллар,
Ардыгар хардарсан хаалаллар.
Бу диэн мин билбэппин эйигин,
Ол эрэн суохтуубун бэлиэрин,
Мин суолбар иккистээн эргилин
Көhүн дуу,көhүн дуу сэгэриэм.
Билбэппин эн хайдах туппуккун
Мин эдэр төлөннөөх сүрэхпин,
Ааhыма,барыма,тохтуу түс
Кэпсэтэ түhүөҕүм кэрэ кыыс.
Послушать/Cкачать эту песню
Mp3 320kbps на стороннем сайте
А как ты думаешь, о чем песня "Билсиhиэх" ?
У нас недавно искали:
Бэлэхтээ  Сордооморууй аймаамарыый.  Кэпсээ миэхэ, кырдьаҕас хатыҥым  Уол оҕо сүрэҕэ  Осень [80-е, 90-е]  ZIRZOP - Kibirli Ceviz  Он не танцует, а он пархает  Fatima  100% Pure Love (Radio Edit) www.mixmp3.net  Awakenings Festival - Spaarnwoude, Netherlands - 30.06.2012  Ba-bai badolla 
А как ты думаешь, о чем песня "Билсиhиэх" ?
2010-2024 © Rostext.ru Тексты песен