ГлавнаяИсполнителиKitJahБууйа Бууйа (Yashty edit)
название:

Бууйа Бууйа (Yashty edit)


автор:

KitJah


рейтинг: ★★★★★ / 5.3 / 1296 просмотров
Kitjah — Бууйа бууйа

1куплет
Ийэбит иһиттэн кэлиэхпититтэн
Ийэбит үүтүттэн иһиэхпититтэн
Бүтүмүөххэ күнү үтүктэн күлүмнээн
Истиҥ мичээринэн сир олоҕун сырдатан
Таптал сүрэхпэр улаатта ол аата
Им балайга ким эрэ уоттары уматта
Регги диэн дьол уонна эйэ өрөгөйүн ырыата
Рампампампам үтүө көҥүлгэ ее
Рампампампам сылдьыаҕа мэлдьи ее
Аан дойдуга эрэ тутулуннум мин эйиэ
Ол туһугар күн матыыбынан эйээргиэ
Аламай күҥҥэ мичээрдээ

Припев:
Бууйа бууйа уаа
Бууйа бууйа уаа
Аламай күн уота умай
Күн оҕолоругар эн өрүү сыдьаай
Ыраастаныахха дэлэгэй дьаҥы хатыахха
Кэлэр кэнэҕэс кэбэтигэр кэрэни хаалларыахха
Бууйа буйаа бууйа буйаа

2куплет
Дьэлгэргэн күн үрдүбэр уҥкүүлүүр
Кини эмиэ мин курдук көҥүлү сөбүлүүр
Баламат быһыыны-майгыны кыйдыахха бу мантан
Билэбин мин да иннибинэ барыта манна куһаҕан
Ону ким кыайбыта баарый соҕотоҕун ытыһынан
Илиибин уунабын сырдык халлааҥҥа мин астынан
Аны мин чэгиэммин аны мин чэбдикпин

Билэбин уруккуну аны ким да уларыппат
Ол эрэн инники олоҕу тупсарарга эн кытаат
Туохха нааданый сэрии да охсуһуу
Эйэлээх олоххо эрэ баар сайдыы кыайыы хотуу
Урааҥхай эйэ улуу умнума ону
Эйэни сиэппитинэн инним хоту
Урааҥхай эйэ улуу умнума ону
Эйэни сиэппитинэн, уруй айхал!

Припев

Оһуокайдыыр оһуокай эһиэкэйдиир эһиэкэй

Припев
Послушать/Cкачать эту песню
Mp3 320kbps на стороннем сайте
А как ты думаешь, о чем песня "Бууйа Бууйа (Yashty edit)" ?
У нас недавно искали:
Последнее письмо  Ты уйдешь, гоня чувства от себя...  Возьми меня сильно, без слов,  Ты ушла, хлопнув дверь, и не сказав ни слова  Мама ушла  Новое матное слово (в тему ушедшего  Ты ушла от меня (перевод Gone away..  Когда я уйду Музыка: Пугачева  Уходим, уходим, наступят времена почище  Свет уходящего солнца (NEW) 
А как ты думаешь, о чем песня "Бууйа Бууйа (Yashty edit)" ?
2010-2024 © Rostext.ru Тексты песен