ГлавнаяИсполнителиKitJahБууйа - Бууйа
название:

Бууйа - Бууйа


автор:

KitJah


рейтинг: ★★★★★ / 5.6 / 1614 просмотров
Ийэбит иһиттэн кэлиэхпититтэн
Ийэбит үүтүттэн иһиэхпититтэн
Бүтүмүөххэ күнү үтүктэн күлүмнээн
Истиҥ мичээринэн сир олоҕун сырдатан
Таптал сүрэхпэр улаатта ол аата
Им балайга ким эрэ уоттары уматта
Регги диэн дьол уонна эйэ өрөгөйүн ырыата
Рампампампам үтүө көҥүлгэ ее
Рампампампам сылдьыаҕа мэлдьи ее
Аан дойдуга эрэ туойтолунан илэйиэ
Ол туһугар күн матыыбынан эйээргиэ
Аламай күҥҥэ мичээрдээ

Бууйа бууйа уаа
Бууйа бууйа уаа
Аламай күн уота умай
Күн оҕолоругар эн өрүү сыдьаай
Ыраастаныахха дэлэгэй дьаҥы хатыахха
Кэлэр кэнэҕэс кэбэтигэр кэрэни хаалларыахха
Бууйа буйаа бууйа буйаа

Дьэлгэргэн күн үрдүбэр уҥкүүлүүр
Кини эмиэ мин курдук көҥүлү сөбүлүүр
Баламат быһыыны майгыны кыйдыахха бу мантан
Билэбин мин да иннибинэ барыта манна куһаҕан
Ону ким кыайбыта баарый соҕотоҕун ытыһынан
Илиибин уунабын сырдык халлааҥҥа мин астынан
Аны мин чэгиэммин аны мин чэбдикпин

Билэбин уруккуну аны ким да уларыппат
Ол эрэн инники олоҕу тупсарарга кытаат
Туохха нааданый сэрии да охсуһуу
Эйэлээх олоххо эрэ баар сайдыы кыайыы хотуу
Урааҥхай эйэ улуу умнума ону
Эйэни сиэппитинэн инним хоту
Урааҥхай эйэ улуу умнума ону
Эйэни сиэппитинэн уруй айхал
Послушать/Cкачать эту песню
Mp3 320kbps на стороннем сайте
А как ты думаешь, о чем песня "Бууйа - Бууйа" ?
У нас недавно искали:
Самый лучший день заходил вчера  Обжигала любовь  Полицаи  За нами едут  За нами едут полицаи [bass prod.]  Wild Dance гоу гоу гоу!  Дизаир би дизаир гоу 
А как ты думаешь, о чем песня "Бууйа - Бууйа" ?
2010-2024 © Rostext.ru Тексты песен