название:
автор:
Дьүөгэбэр
автор:
Далаана уонна Ника
рейтинг: ★★★★★ / 5.4 / 1394 просмотра
- Текст
- Открытка с текстом
Үлүскэн устар олоххо Умсугуйа көрсүбүппүт Дьүрүскэн дьикти тугэни Дьүөгэм миэнэ билэҕин Кэрэ-мааны Далбар Хотун Күөгэйэр көмус күннэргин Көтүтүмэ, куоттарыма Курус тыалга сүөрүмэ!!! Көрү-нары көҕүлүөххэ! Эдэр сааһы тохтотуохха! Бириэмэни биллэрбэккэ, Бүгүн эрэ туойуохха! Айанныахха ардахтаахха! Эрэйдэри туора тумнан Санаа күүһүн сөргүтүөххэ Дьүөгэм миэнэ сөбүлэс! Туттарбат чараас санааҕын Таба таайан хоруйдуохпун Эриэккэс дириҥ, дууһаҕын Ханнык тылга тэҥниэмий? Эйэлээх ыал дьолун билэн Ырыаны аргыс оҥостон Олох устун сиэттиьэҥҥ,ит Тапталгытын харыстаан!!! Көрү-нары көҕүлүөххэ! Эдэр сааһы тохтотуохха! Бириэмэни биллэрбэккэ, Бүгүн эрэ туойуохха! Айанныахха ардахтаахха! Эрэйдэри туора тумнан Санаа күүһүн сөргүтүөххэ Дьүөгэм миэнэ сөбүлэс!
А как ты думаешь, о чем песня "Дьүөгэбэр" ?