ГлавнаяИсполнителиДалаана уонна НикаДьүөгэбэр
название:

Дьүөгэбэр


автор:

Далаана уонна Ника


рейтинг: ★★★★★ / 5.5 / 1492 просмотра
Үлүскэн устар олоххо
Умсугуйа көрсүбүппүт
Дьүрүскэн дьикти тугэни
Дьүөгэм миэнэ билэҕин
Кэрэ-мааны Далбар Хотун
Күөгэйэр көмус күннэргин
Көтүтүмэ, куоттарыма
Курус тыалга сүөрүмэ!!!

Көрү-нары көҕүлүөххэ!
Эдэр сааһы тохтотуохха!
Бириэмэни биллэрбэккэ,
Бүгүн эрэ туойуохха!
Айанныахха ардахтаахха!
Эрэйдэри туора тумнан
Санаа күүһүн сөргүтүөххэ
Дьүөгэм миэнэ сөбүлэс!

Туттарбат чараас санааҕын
Таба таайан хоруйдуохпун
Эриэккэс дириҥ, дууһаҕын
Ханнык тылга тэҥниэмий?
Эйэлээх ыал дьолун билэн
Ырыаны аргыс оҥостон
Олох устун сиэттиьэҥҥ,ит
Тапталгытын харыстаан!!!

Көрү-нары көҕүлүөххэ!
Эдэр сааһы тохтотуохха!
Бириэмэни биллэрбэккэ,
Бүгүн эрэ туойуохха!
Айанныахха ардахтаахха!
Эрэйдэри туора тумнан
Санаа күүһүн сөргүтүөххэ
Дьүөгэм миэнэ сөбүлэс!
Послушать/Cкачать эту песню
Mp3 320kbps на стороннем сайте
А как ты думаешь, о чем песня "Дьүөгэбэр" ?
У нас недавно искали:
Таптал баар, таптал суох  Тэҥэ суох  УБИЙЦА  Любовь не фразы.  Көтөр уум (муз. TUUNNVVX)  MDUA (Муз. TUUNNVVX)  Кини эрэ  Обещаю  Любить меня до гроба  Однажды нас не станет  Махтанабын (Yashty edit) 
А как ты думаешь, о чем песня "Дьүөгэбэр" ?
2010-2024 © Rostext.ru Тексты песен