ГлавнаяИсполнителиБайбалИйэбэр
название:

Ийэбэр


автор:

Байбал


рейтинг: ★★★★★ / 5 / 994 просмотра
Тугу этиэм этэй эһиэхэ мин -
Ырыам тыла олус да сымсаата.
Тулабар кыыдамныыр хаар кыырпаҕын
Ытыһым үрдүгэр уулларабын.

Күн-күбэй ийэбэр анааммын
Арай тиэрдиэм мин үрдүк махталбын.
Оҕо сааспын санаан улааппыппар,
Бар дьонум алгыһын ылыммыппар.

Хос ырыата:

Махтанабын, махтанабын,
Эйиэхэ, күн-кубэй ийэбэр!
Махтанабын, махтанабын,
Эһиэхэ, бар дьоммор!

Хайыаҥ этэй алҕаhаабыт күммүн,
Өр сурук суруйбатах буруйбун?
Түүн-күнүс утуйбатах күннэргин
Кэмсинэҥҥин кэлин кэпсээбэккин.

Күн-күбэй ийэбэр анааммын
Арай этиэм мин күүстээх тапталбын!
Үөрүү-хомолто диэни билбиппэр,
Олох күндүтүн эн көрдөрбүккэр.

Хос ырыата.
Послушать/Cкачать эту песню
Mp3 320kbps на стороннем сайте
А как ты думаешь, о чем песня "Ийэбэр" ?
У нас недавно искали:
07. Крылья (террорист микс) (Атлантида, 1997)  Люди на холме (demo versiya)  ★УЛЫБНИСЬ... Я ТЕБЕ ОТВЕЧУ...★  Я играю в войну  Я играю в войну с теми кто спит по ночам  Иго Любви  Бу халлаан эйиэхэ анаан ардыыр (acoustic)  Эйиэхэ Анаан Фрестаел ( Сэгэрбэр ) 
А как ты думаешь, о чем песня "Ийэбэр" ?
2010-2025 © Rostext.ru Тексты песен