Главная→Исполнители→W1LD→Эн Баар Буолан ( бу кун анныгар эн баар буолан мин сурэхпин дьоллообуmум эйuuгuн
название:
автор:
Эн Баар Буолан ( бу кун анныгар эн баар буолан мин сурэхпин дьоллообуmум эйuuгuн
автор:
W1LD
рейтинг: ★★★★★ / 5.3 / 1323 просмотра
- Текст
- Открытка с текстом
Эн баар буолан. 1: эн суоххуна саныырым, сүрэх кэтэhэн ытыыра хараҥа былыт баттыыра, чуумпуга ардыы сатыыра улам бириэмэ хаамара бытаан бытаан бытаан... аттыбар эн суоххун суоххун тэhийбэппин сатаан эн билэҕин дуо? эйигин кэтэhэллэрин эн тускар олох устарын сырдык сулустары эн үөрэриҥ туhугар ырыа бөҕө сурулларын эн тускар кыhаллар киhиҥ аата ким буоларын маны сөбүлээбэт буоллаххына эн кистии сатаама мин синбиирин үөрэбин саатар истэргиттэн төрүү ырыаhыт кута да суох буолларбын мин айылҕа айбыт оҕото ырыа ыллыыбын күлүм гынар көмүс аналбар кыhаллабын бэйэм суруйбут дьиҥ тылларбын бэлэхтиибин саhан сыппыт санааларбын дьэ арыйабын бу түгэнинэн туhанан билинэбин мин hанаабар... пр: Бу күн анныгар ЭН БААР БУОЛАН мин сүрэхпин дьоллообутуҥ эйигин кытары инники олохпун атаарарга туруннум мин орто дойдубун эйиэхэ бэлэхтээн мин үөрэбин да көтөбүн эйигин дьоллуур туhугар сылдьыам эн эрэ тускар олохпун салгыам Бу күн анныгар ЭН БААР БУОЛАН мин сүрэхпин дьоллообутуҥ эйигин кытары инники олохпун атаарарга туруннум мин орто дойдубун эйиэхэ бэлэхтээн мин үөрэбин да көтөбүн эйигин дьоллуур туhугар сылдьыам эн эрэ тускар олохпун салгыам 2: таптыыры сатыыр буолан көнө суоллары таллым тыла суох турбат туhугар тыллары таҥан ыллым элбэҕи сүтэрэн кэлэн оннукка ытаабаппын ордон хаалбыт ахтылҕаны ончу саныы сатаабаппын холбоспут олохпутун быстыбат быанан баайбыппыт уостубат таптал тылын бэhилэх кэтэн билиммиппит толору дьоллоох киhиннэн бэйэбин ааҕынабын бар дьоннорум баалларынан икки төгүл күүстээхпин кэргэммин таптыыр буолан уулуссаттан тэйбитим уларыйбыт түбэлтэбин дьиҥнээх доҕор өйдүө диибин харалдьыкка саас аайы тыллары сибэкки ньургуhун санатар кэрэ түгэннэри номнуо бу хасыhын махталым ымыыра суох этиллэр күндү киhибэр өссө да үөрэ сылдьабын оҥорбут ситиhиибэр эн сэгэриэм баар буоллаҥҥын күн аайы хоhоон ырыа ыллыыр ырыам ымыы буолан күөрэгэйдии күөрэйиэ(ииээээ). пр: Бу күн анныгар ЭН БААР БУОЛАН мин сүрэхпин дьоллообутуҥ эйигин кытары инники олохпун атаарарга туруннум мин орто дойдубун эйиэхэ бэлэхтээн мин үөрэбин да көтөбүн эйигин дьоллуур туhугар сылдьыам эн эрэ тускар олохпун салгыам Бу күн анныгар ЭН БААР БУОЛАН мин сүрэхпин дьоллообутуҥ эйигин кытары инники олохпун атаарарга туруннум мин орто дойдубун эйиэхэ бэлэхтээн мин үөрэбин да көтөбүн эйигин дьоллуур туhугар сылдьыам эн эрэ тускар олохпун салгыам мин дууhам ыллыыр ырыатын бэлэхтиэм эн истэргин иhин махтал тыллары биллэриэм мин hаныыр hанаам hубу курдук буолар буот хайа хайдаҕый, чыычаах...?
А как ты думаешь, о чем песня "Эн Баар Буолан ( бу кун анныгар эн баар буолан мин сурэхпин дьоллообуmум эйuuгuн" ?