ГлавнаяИсполнителиKitJah & Айыллаана СемёноваМахтанабын (Минус)
название:

Махтанабын (Минус)


автор:

KitJah & Айыллаана Семёнова


рейтинг: ★★★★★ / 5 / 1039 просмотров
Хаамабыт олох чараас мууьун урдунэн,
Сэрэнэн уктэнэн.
Быстыбатыы баалыбыппытт дьыл5абыт быатынан,
Эн-мин - дьолунан эрэ бурунэн.
Ба5а санаа5ын утуктэн, кулуккун солбуйан,
Олоруом эн биьигини эрэ сылытар уоту оттунан.
Сыьыаны сергутэн сылдьыам, уйэм ордугунан.
Дьантан-дьааттан, им-балайтан,
Дьала5ай-баламаат быьыыттан
Быыьаата кини миигин  тапаталынан кынатаан.
Кетебун сэгэрбинээн кун матыыбар уйдаран!
Кун матыыбар уйдаран!  кун матыыбар уйдаран!
Бу дойдуга баарбына - сурэхпэр аналым аата.
Кун матыыбар уйдаран! Кун матыыбар уйдаран!
Бу дойдуга баарбына, Кини - мин оло5ум кыыма,
Манньытар-абылыыр сурэ5им эрэлэ,
Бирдэ бэриллибит оло5ум киэгэлэ -
Кини эрэ! Сурэхпэр - кини эрэ!

Элэккэй. Дууьам эйиэхэ нэлэккэй - 
Аламай кун уотун анныгар - эйиэхэ эрэ
Элэккэй. Дууьам эйиэхэ нэлэккэй -
Сир сиьин ньуурун урдугэр, сэгэрбэр эрэ.

Бутуннуу бэйэбин эйиэхэ биэрэбин,
Эн эрэ миигин умата5ын уотунан,
Испиттэн дууьабын сылыта5ын,
Кэрэнэн тулабын киэргэтэ5ин,
Ырыабын ыллата5ын, ба5а санаабын таайа5ын.
Хара-уьун суьоххунан, сырдык-сэмэй мессуеннунэн,
Дирин куйаар хараххынан ыллын дии миигин абылаан.
Эйиэхэ тэнниир мааным, онноо5ор айыл5а5а суох.
Ханна да, орто-туруу бараан дойдуга
Эйиигин ким да, мин олохпор солбуйо суо5а.
Кердеебутум эйиигин ууга, кердеебутум кураана.
Итэ5эйбэт этим эн бааргын бу орто дойдуга.
Дьэнкир уулуу ыраас туунну халлаанныы харана
Иэйиилэрбин киллэрэр - мин тапталым хара5а.
Быстыбатыы бааллыбыппыт дьыл5абыт быатынан.
Махтанабын ийэ5эр, махтанабын а5а5ар:
Эн курдук кэрэ киьи мин аттыбар баарыгар,
Биьилэх кэппитигэр, "кэргэним" дэммитигэр.
Послушать/Cкачать эту песню
Mp3 320kbps на стороннем сайте
А как ты думаешь, о чем песня "Махтанабын (Минус)" ?
У нас недавно искали:
140 ( LIVE ) Почувствуйте драйв от  Hypnotised (Kowalski mix)  Брёл, брёл, брёл  Ветренный  Разрешаю только раз ветренный взгляд вниз  Some Kind of Heaven (Surrender)  Это когда ты говоришь с человеком,  In 100 Years  "In 100 Years"/"Через 100 лет" 
А как ты думаешь, о чем песня "Махтанабын (Минус)" ?
2010-2024 © Rostext.ru Тексты песен