название:
автор:
Мин Сахабын
автор:
Jeada a.k.a Saas Ustar
рейтинг: ★★★★★ / 4.8 / 780 просмотров
- Текст
- Открытка с текстом
Мин Сахабын, элбэхтэн биири талабын, Тайаабын, ыраас кэскил куутэр дуо Саханы? Ол да5аны билигин саарбахтыыбын, Ол иhин сабабын мин харахтарбын... Мин Сахабын - ол сурун. Бутун улуус Дьин сахалыы олох суолун устун тутус! Ийэ буор кут быыл туманна сутэрдэ Айыл5аттан бэриллибит кутун-сургэтин... Саха Сирэ Сахаларга анаммыта буолла5а!.. Ол эрээри норуот ба5а санаата туолбата... Туох иhин мэнээх Сахалар аччаатыбыт? Тарбахпынан кордоробун: быйыл биhи баччабыт... Сахалар бары биир буоламмыт улаатан Баhылаан ылыа5ын Улуу Омук аатын! Мэлдьи атын дьонно илии-атах буола сылдьаммыт Эстии коно суолугар былдьанныбыт... Турунабыт сана сыалга - бутэрбэккэ умнабыт. Дойду туппат буолан сууhунэн баранабыт... Ол эрээри ханна да мин киэн туттабын Хайа ба5ар ыйытыыга мин хоруйдуубун: Мин Сахабын, элбэхтэн биири талабын, Тайаабын, ыраас кэскил куутэр дуо Саханы? Ол да5аны билигин саарбахтыыбын, Ол иhин сабабын мин харахтарбын... Тулабын корунэбин - туох иhин кыбыстабыт? Аламай сырдык куннэ ууналлар ытыстарбыт. Орустэр, хонуулар - бу биhиги баайбыт! Киэн, ыраас, сырдык тапталлаах кыраайбыт! Таайбыт курдук бары тиэр хайыhа короллор, Ол иhин да5аны биhини бары со5оллор... Субу-субу костоллор олоруулэр-сутуулэр... Бэйэбит да а5ыйахпыт, ону биhи аахайбаппыт. Мин Сахабын, атыммын билэбин Кыра-хара норуот хайдах курдук олорорун. Сотору кун тахсыа, халлаанна ойон туруо! Ол эрээри уруккубут сал5анан бара туруо... Туох бары тиллиэ, силигилиэ, уунэ-чэлгийиэ Арай Саха эрэ бэйэ-бэйэтин кэлгийиэ... Тиийиэ дуо мин тулуурум, коруом дуо мин Сахам Сирин сайдыытын, уоhээ оро дайыытын?..
А как ты думаешь, о чем песня "Мин Сахабын" ?