название:
автор:
Ураты Оноhуу (Prod. by SAFÉ & Mental Pabulum)
автор:
PONSASH
рейтинг: ★★★★★ / 5.6 / 1557 просмотров
- Текст
- Открытка с текстом
Эйиэхэ элбэх тыл тийбэтэх, Этэргэ кыһалҕа да этэ, Күн сиргэ түспүтүн кэриэтэ Күлүмнээн оннуга кэрэтэ, Субуллар суһуоҕун толбоно, Ыйдаҥа олорбут долгуна, Оонньуулар тырымны ол онно Сулустар уон араас уоттара, Кини эрэ кэрэ да мөссүөнэ, Кэм кэрдиик утары көстүөҕэ, Сиинэ эбэ суол быстар төлөөнө, Ол эрэн кэрэ диэн кини эрэ, Уран уус оҥорон туппуттуу Уурбуттуу туппуттуу, Быһыыта таһаата олуччу Ураты оҥоһуу... Бу сиргэ кини эрэ мичээрэ, Бүтүннүү элэккэй ил эйэ, Ол мичээр сүрэххэ түһэрэ Тэҥнэммэт хайада иэйиигэ, Арылхай чаҕылхай хараҕа, Абырал сулуһун уотара, Бастакы кытыастар саһарҕа, Бу кини огуйук уоттара,
А как ты думаешь, о чем песня "Ураты Оноhуу (Prod. by SAFÉ & Mental Pabulum)" ?